Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн эҕэрдэ!
Сэмэн Данилов. Төрөөбүт тыл
Чыычаахха – чыычаах чуопчаарар тыла,
Сүүрүккэ – сүүрүк сипсийэр тыла,
Этиҥҥэ – этиҥ эрчимнээх тыла –
Илгэлээх истиҥ ийэ тыл буолар.
Оттон бу миэхэ ийэм биэрбит тыла,
Олоҕум тыла,
Тапталым тыла –
Мин төрүт тылым, мин ийэ тылым
Саргылаах сахам
Саҥата буолар.
Өлбөт мэҥэ
Тылбыттан булабын
Ааспыт кэмнэр
Айыы санааларын,
Бүгүҥҥү күнүм көмүс түгэннэрин,
Кэлэр кэмнэр кэтит кэриҥнэрин.
Кининэн эрэ
Тыыннаах тапталым
Нарын саҥатын
Туойар кыахтаахпын,
Өлүөнэм үрүҥ түүнүн үчүгэйин,
Өлбөт өрөгөй бардам баҕатын.
Кининэн эрэ,
Кининэн эрэ,
Кэпсиир кыахтаахпын, силигин ситэрэн,
Сэмэй сүрэх
Сип сибигинэйиитин,
Сээркээн сэһэн иһирэх иэйиитин,
Эр санаабыт төлөнүн, омунун,
Дьоһуннаах дьайыыбыт
Дуоспурунун.
Олох ханнык да ыар түгэнигэр
Ийэ тылгыттан абыралы булуоҥ,
Кини баай байҕалыгар тиксэҥҥин
Баай дууһаланыаҥ,
Өлбөт өйдөнүөҥ.
Эҥин эгэлгэ,
Кэрэтик иһиллэр
Үгүстэр, үгүстэр дархан тыллар.
Тыллар бары туспа кэрэлээхтэр,
Бары туспа
Уран ойуулаахтар.
Оо, ол эрээри дууһаҥ түгэҕэр,
Эн бар дьонуҥ санаатын саталыыр,
Ийэ эрэ
Тылгынан этиллэр
Итии иэйиилэр
Сөҥөн сыталлар.
Ол иһин Дьылҕа
Киһиэхэ анаан
Биэрбит эбит
Ийэ тыл алыбын.
Нууччаҕа – нуучча номоҕон тылын,
Сахаҕа – саха сайаҕас тылын.